Саха сирин бааһыналарыгар хортуоппуй олордуллар үгэнэ

Күн-дьыл туран биэрэн, хортуоппуй олордуутугар дьон настырыанньалаах таҕыста.

Бааһыналарга тыраахтырдыр тыаһаатылар, тиэргэҥҥэ лаппаахылар күөрэҥнэстилэр.

Хортуоппуйу сахалар сөбүлүүбүт. Иккис килиэппит диир дьон эмиэ баар. «Быйыл ньургуһун үүнүүтүнэн билгэлээтэххэ, быйаҥнаах дьыл буолуоҕа. Онон төһө кыалларынан бэйэ сииригэр уонна кыратык да атыыга таһаарар курдук хортуоппуй олордобут», — дииллэр.

Саха сиригэр 2022 сылга хортуоппуй олордор бааһына иэнэ 6586 гектар.

Улуустарга саамай элбэх хортуоппуйу олордооччуларынан өлүөхүмэлэр буолаллар. Онно уопсай иэн — 800 гектар.

This post was published on 07.06.2022 17:01 17:01