Саха сирин историятын уонна билиҥҥи кэмин, дойду сайдыытыгар регион кылаатын , научнай уонна технологическай кыаҕын Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук устудьуоннарыгар Илиҥҥи экономическай форум чэрчитинэн лекцияларга Ил Дархан Айсен Николаев кэпсээтэ, ону тэҥэ кэнники аҕыйах сылга регион сүрүн ситиһиилэрин билиһиннэрдэ, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Бүгүн Уһук Илин — биһиги дойдубут глобальнай эргимтэтигэр инники кирбиигэ сылдьар. Биһиги эһигини кытта чуолаан манна, билигин дойдубут кэскилин сайдыытын билиэхтээхпит. Манна хас биирдии киһи бэйэтин талаанын көрдөрүөн уонна олоххо киллэриэн сөп. Саха сирэ 390 сыл анараа өттүгэр Россия государствотын кытта холбоспута. Онтон ыла кини Евразия хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр Россияҕа саҥа арыйыылары, саҥа сирдэри биэрбитэ», — диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык хотугу регион киин куоратын историятын туһунан устудьуоннарга уонна эдэр дьоҥҥо кэпсээтэ. Саха сирэ 100 сылын промышленность, экономика, үөрэх, наука уонна технология эйгэтигэр туох ситиһиилэрдээх көрсөрүн иһитиннэрдэ.
«Саха сирэ — дойдуга сырьевой регион буолар. Манна гаас, чох, нефть, көмүс хостонор. Бу биһиги государствобыт экономическай кыаҕын улаатыннарыыга регион кылаата. Ол эрээри сүрүн баайбыт — дьон. Бүгүн Саха сиригэр 129 норуот доҕордуу сыһыаҥҥа олорор. Биһиги культурабытынан киэн туттабыт, онно олоҕуран, тылга харыстабыллаах сыһыаны, укулааты уонна үгэһи тутуһабыт», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ регион баһылыга.
Айсен Николаев ону тэҥэ дойду атын субъектарыгар киэҥ- куоҥ далааһыннаах научнай чинчийиилэрдээх республика учуонайдарын туһунан кэпсээтэ.
Сиһилии https://ysia.ru/glava-yakutii-rasskazal-o-dostizheniyah-regiona-studentam-dvfu/
This post was published on 06.09.2022 09:31 09:31