Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар «Muus uSTAR» ыччат бэстибээлэ 12 тыһыынча эдэр саха ыччаты саҥа компетенцияларга үөрэнэргэ көмөлөһүөҕэ. Бэстибээл сүрүн ис хоһооно үөрэхтээһиҥҥэ буолар. Ол туһунан «Саха» ГТРК «Быһа кэпсэтии» биэриитигэр «Россия 24» ханаалга Саха сирин баһылыга Айсен Николаев кэпсээтэ, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Бэстибээл тэрийээччилэртэн — өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлиттэн, миниистирдэртэн уонна тэрийээччилэртэн бу бэстибээли аралдьытар гыммакка, үөрэхтиир сыаллаах буоллун диэн, көрдөспүтүм. Аныгы креативнай индустриялары сайыннарааһын саҥа үөрэхтээһин ньыматын эрэйэр. Ол иһин, араас хайысханан: киинэ, киберспорт, спортивнай эйгэтиттэн элбэх чаҕылхай исписэлиистэр кэлиилэрэ — биһиги ыччаппыт хаачыстыбалаахтык улаатарыгар көмөлөһүөҕэ», — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.
Ону тэҥэ, бэстибээл чэрчитинэн бүтүн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустары ыытан баран, бастыҥнары Дьокуускайга көрсөөһүн 12 тыһыынча кэриҥэ эдэр ыччакка салгыы сайдалларыгар тирэх буолуоҕа. Быйылгы тэрээһиҥҥэ Саха сирин үрдүнэн 12 тыһыынча эдэр киһи бу процесска киирэн эрэрин бэлиэтээтэ.
«Мин санаабар, бу бэстибээл сүрүн сыала сыыйа-баайа тахсыаҕа — бу аралдьытар бэстибээл буолбатах, үгүс дьону оннук курдук оҥоро сатаан кэпсиир. Бу олус үрдүк хаачыстыбалаах үөрэхтээһин бэстибээлэ буолар», — диэн түмүктээтэ.
Бэстибээл тэрийээччилэрэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата уонна Росмолодёжь. Тэрээһин генеральнай партнера – «Эльгауголь» хампаанньа, партнердар – «Якутия» авиакомпания, Транснефть, Информационнай партнердар- МУЗ-ТВ, Rutube, ВКонтакте.
This post was published on 24.03.2022 19:01 19:01