Саха сирин баһылыга халаантан эмсэҕэлээбит Амма улууһун олохтоохторун кытта көрсүһүөҕэ

Егор Борисов халаантан эмсэҕэлээбит Амма улууһугар көттө. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга айылҕа иэдээнигэр түбэспит сэлиэнньэлэргэ сылдьыаҕа.

Ил Дархан ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна туоратыыга бырабыыталыстыба хамыыһыйатын суһал мунньаҕын ыытыаҕа, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүөҕэ.

Манна сырыытын түмүгүнэн Ил Дархан чөлүгэр түһэриигэ сөптөөх дьаһалы ылыныаҕа.

СИА.

This post was published on 10.05.2018 16:20 16:20