Үбүлээһин улаатан, ону тэҥэ баһаартан сэрэхтээх буолуу сулууспаларын үлэһиттэрин ахсаана элбээн, Саха сирэ баһаарынай сезоҥҥа муҥутуурдук бэлэмнэннэ. Ону таһынан, региоҥҥа сайыны быһа үлэлиир зондировщик-сөмөлүөт кэллэ, бу сөмөлүөт искусственнай ардаҕы ыҥырар кыахтаах. Ол да буоллар, айылҕа баһаарын үөскээһинин кытта сибээстээх быһыы- майгы тыҥааһыннаах сайдыытыгар бэлэмнэниэххэ наада. Ол туһунан регион баһылыга Айсен Николаев ГТРК «Саха» «Прямой разговор» биэриитигэр Россия 24 ханаалыгар быһа эфиргэ һитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Баһаартан сэрэхтээх сезоҥҥа бэлэмнэниигэ биһиги ааспыт сылларга тахсыбыт сыыһалары уонна итэҕэстэри учуоттаатыбыт. Маныаха биһигини дойду бэрэсэдьиэнин быһаарыыта өйөөтө, федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр үп быйыл 5,5 төгүл кэриҥэ улаатта. Онон, ойуур баһаарынай сулууспаларын штатнай ахсааннарын икки төгүл улаатыннарар кыахтанныбыт. Билигин айылҕа баһаарын кэтиир авиачаһы биэриэмэтин икки бүк элбэттибит. Материальнай- техническэй хааччыйыыбыт көрүннүбүт, манна Уһук Илин уокурук полпреда Юрий Петрович Трутнев тустаах быһаарыылары ылынан, махталбыт улахан. Бу бары сезоҥҥа муҥутуурдук бэлэмнэнэрбитигэр көмөлөстө«, — диэтэ Айсен Николаев.
Маны сэргэ. оройуоннар баһылыктарын кытта, бары умайа сытар туочукаларга тута умуруоруу үлэтэ бара охсуохтааҕын боппуруоһу туруоралларын бэлиэтээтэ. «Хомойуох иһин, дьон оттуур ходуһаларын өртөөбүттэрэ хонтуруолтан тахсан, быйыл бастакы кыһалҕалар Амма улууһугар таҕыстылар. Ол гынан баран, кылгас кэм иһигэр барытын умуллардылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Мииринэй улууһугар биир гектар кээмэйдээхс сиртэн кыра айылҕа баһаара баар. Баһаары олоччу атын сиргэ барбатын курдук быстылар, баһаарынай сулууспалар күн устата кинини бүүс-бүтүннүү суох оҥоруохтара диэн эрэнэбин. Онон билигин, балаһыанньа былырыыҥҥытааҕар быдан ордук. Ону сэргэ, биһиги ыаллыы олорор регионнарбытыгар бу кэм иһигэр сүүһүнэн олорор дьиэ умайбытын, дьон өлбүтүн, улахан хоромньуну тахсыбытын көрөн, бэйэбитин ыһыктыныа суохтаахпыт. Биһиги быһыы-майгы биһиэхэ тыҥааһыннаах графигынан сайдарыгар бэлэм буолуохтаахпыт. Бу кэмҥэ биһиги сүрүн сорукпут, баһаардар киһи илиититтэн саҕаланалларын сарбыйыахтаахпыт», — диэн регион баһылыга чуолаан бэлиэтээтэ. Манна Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһун диэн ыҥырда.
Ойуур баһаарын умуруорар туһунан этиитигэр, Николаев зондировщик-сөмөлүөт үлэтин көдьүүһүн бэлиэтээтэ. Кини көмөтүнэн былырыын өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар кэккэ баһаар тарҕанарын таһаарбатахтар.
Ол курдук, быйыл Саха сиригэр Як-42 Росгидромет лабораториятын сөмөлүөтэ көтөн кэллэ, сүрүн соругунан ардаҕы ыҥыран, ландшафтнай баһаар тахсарыгар мэһэйдээһин, уонна сири инчэтэн, от-мас үүнэригэр көмөлөһүү. Сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бэс ыйыгар диэри үлэлиэҕэ, онтон АН-30 диэн манна майгынныыр сөмөлүөт солбуйуоҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр быйыл биир тутаах хайысханан гидрометеорологическай процесстарга кыттыһыы искусственнай сөҥүүлэри ыҥырыы буолуоҕа, бу барыта айылҕа баһаара тахсыбатын, тарҕамматын туһугар, ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар кураан дьыл сүөһү аһыгар охсуу оҥорботун туһугар. Бу сыалга судаарыстыба бүддьүөтүттэн 80 мөл. солк. көрүлүннэ.
This post was published on 19.05.2022 10:03 10:03