Саха сирин баһылыга бүгүн Нерюнгри оройуонугар үлэлиир

Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар үлэлиир, диэн Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ Афанасий Ноев иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга оройуон промышленнай тэрилтэлэрин үлэлэрин туһунан мунньах ыытыаҕа уонна Чульман бөһүөлэгэр катоктаах физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс аһыллыытыгар кыттыаҕа.

Регион салайааччыта Иенгра нэһилиэгэр балыыһа уонна Нерюнгритааҕы ГРЭС 2- с тутуулара хайдах бара турарын бэрэбиэркэлиэҕэ.

Иенгра нэһилиэгэр Айсен Николаев анал байыаннай операцияҕа хорсун быһыыны  көрдөрбүт саллаат дьиэ кэргэнин кытта көрсүөҕэ.

This post was published on 10.11.2022 10:05 10:05