Саха сирин баһылыга бүгүн Эдьигээн улууһугар үлэлиир

Саха сирин баһылыга оптуорунньукка Эдьигээн оройуонугар үлэлиир. Эдьигээҥҥэ Айсен Николаев Жиганскайга логистика-эргиэн киинин тутуу хаамыытын билистэ. Маннык кииннэри Арктика оройуоннарыгар бородуукта сыанатын намтатар сыалтан арыйаллар.

«Тутуу үлэтэ былаан быһыытынан бара турар. Эбийиэк эргиэн саалалаах, оҕуруот аһын харайар хостоох, холодильнай камералардаах, сылаас ыскылааты уонна тымныы ыскылааттаах буолуоҕа. Эбийиэк быйыл тутуллан бүтэрэ былааннанар.

Эргиэн киинэ үлэҕэ киирдэҕинэ олохтоохтор наадалаах табаардары удамыр сыананан атыылаһар кыахтаныахтара, табаар көрүҥэ элбиэҕэ, хоту дойдуга олох таһыма тупсуоҕа диэн эрэнэбин», — диэн Айсен Николаев бэйэтин телеграм ханаалыгар суруйда.

Арктика оройуоннарыгар логистика-эргиэн кииннэрин Саха сирин баһылыгын сорудаҕынан туталлар. 2025 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай оройуоннарыгар барытыгар саҥа киин үлэҕэ киириэхтээх. Билигин биэс киин үлэҕэ киирдэ.

This post was published on 18.07.2023 16:06 16:06