Саха сиринээҕи УГМС этиитинэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр бэнидиэнньиккэ, алтынньы 20 күнүгэр, хаардаах күн-дьыл туруоҕа. Алдан оройуонугар күүстээх хаар түһэрэ күүтүллэр.
«Үгүс улууска кыра, хоту тала сылдьан, хотугулуу-илин орто, соҕуруу өттүгэр сороҕор күүстээх хаар түһүөҕэ. Тыал мөлтөх, кытылга сорох сиринэн 15-20 м/с диэри тэтимнээх, буурҕа», — диэн УГМС иһитиннэрдэ.
Күнүс соҕуруулуу-арҕаа +2 кыраадыс сылыйыаҕа, хотугулуу-илин өттүгэр сорох сиринэн -8 диэри.
Дьокуускайга түүн салгын температурата -7…-9 кыраадыс буолла. Күнүс -2…-4, сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕаа тыал 3-8 м/с.