Саха сирин бөҕөстөрө кыраныысса таһыгар күрэхтэһэллэр уонна эрчиллэллэр

Бу күннэргэ Саха сирин бөҕөстөрө кыраныысса таһыгар ким күрэхтэһэ, ким эрчиллэ сылдьаллар. Ол курдук, бу өрөбүллэргэ, муус устар 28-30 күннэригэр Монголия киин куората Улан-Баторга үгэс быһыытынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир ыытыллар. Саха сирин тустууктара бу күрэхтэһиигэ сыл аайы кытталлар.


Монголияҕа уонна Японияҕа сылдьар биһиги бөҕөстөрбүт сүрүн сыалларынан, бэс ыйыгар Ингушетияҕа ыытыллар Россия чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэнии буолар.

Быйыл Ньургун Александров (57 кг), Айхаан Антонов, Дьулустан Булатов, Петр Павлов (61 кг), Ваир Бурцев, Алексей Иванов (65 кг), Айсен Копырин (74 кг), Ньургун Сергин (86 кг) күүстэрин холоһоллор.

Оттон СӨ Үрдүкү спортивнай маастарыстыбаҕа оскуолатын дириэктэрин бастакы солбуйааччы Леонид Спиридонов, СӨ көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Владимир Кириллин салайыыларынан кэккэ бөҕөстөрбүт: Арыйан Тютрин, Егор Пономарев, Ньургун Скрябин, Николай Охлопков, Вячеслав Ефремов, Виктор Рассадин, Виктор Степанов, Герман Устинов, Тимур Николаев бу күннэргэ Токиоҕа, Япония уонна Саха сирин тустууктарын үөрэтэр-эрчийэр түмсүүтүгэр сылдьаллар. Бииргэ эрчиллии чэрчитинэн Япония – Саха сирэ тустууктарын табаарыстыы көрсүһүүлэрэ тэриллэрэ былааннанар.

Виктор Рассадин уонна Риотааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера Рей Хигучи.

Япония хамаандата сотору кэминэн Индияҕа буолуохтаах Азия чөмпүйэнээтигэр уонна АХШ-ка ыытыллар матчевай көрсүһүүгэ бэлэмнэнэр. Биһиги билэрбитинэн, билиҥҥи кэмҥэ Тахсар күннээх дойду бастыҥ тустууктарынан Олимпиада-2016 үрүҥ көмүс призера Рей Хигучи (57 кг), аан дойду чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера Сосуке Такатани (74 кг) буолаллар. Ааспыт сайын Рио-де-Жанейроҕа ыытыллыбыт сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга Японияттан чуо бу икки бөҕөс кыттыбыта.

Кинилэри тэҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа өссө Юки Такахаси (57 кг), Масакацу Камои (65 кг), Дайчи Такатани (65 кг) биллэллэр. Билэргит курдук, былырыын Дайчи Такатани Дьокуускайга кэлэн, улуу тренер Д.П.Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Финалга кинини кытта Виктор Рассадин тустуохтаах этэ да, эчэйиилээх буолан, кыайыыны быһа биэрбитэ. Ол, буолбатах хапсыһыы Токиоҕа, табаарыстыы көрсүһүү кэмигэр ыытыллыан сөп. Ким кыайыай?

edersaas.ru

This post was published on 27.04.2017 16:10 16:10