Үүнэр сылга Экология министиэристибэтин кытта өрөспүүбүлүкэҕэ балык хаһаайыстыбатын комплексын арыйар туһунан үлэ барар. Ол туһунан Арктика миниистирэ Владимир Черноградскай мунньахха эттэ, суруйар ЯСИА.
«Балык булдун 90% Арктика улуустарыгар ыытыллар. Арктика министиэристибэтэ бу үлэҕэ ылсыаҕа, ол иһигэр федеральнай бюджеттан үбүлээһин ылыытыгар. Балык хаһаайыстыбатын саҥа технологическай өттүттэн көрөн турууластахха, регион экономикатын үрдэтиигэ укулаат буолуон сөп. Илини сайыннарыы министиэристибэтинэн 2026 уонна 2027 сылларга технологическай оҥорон таһаарыыга, туһааннааҕынан, 35 мөл солк уонна 113 мөл солк көрүлүннэ», — диэтэ Владимир Черноградскай.
This post was published on 18.12.2024 17:01 17:01