Тиксии бөһүөлэгин олохтоохторо Осиповтар бэйэлэрэ үүннэрбит оҕурсуларын бастакы хомуурун бүгүн сиэтилэр. «Манна дьон бэйэлэрэ олордор буолбуттара ыраатта», — диир хаһаайка Лариса Ивановна.
Булуҥ улууһа — Саха сирин Арктикатын биир кытыы территорията. Тиксиини кытта аахтахха сэттэ муниципальнай тэриллиилээх. Сылы эргиччи суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарга киирсэр.
Оҕуруот аһын, фруктаны, үрүҥ аһы, халбаһыны, сымыыты — «сибиэһэй ас» дииллэр. Бородуукталаах самолет кэлэрин эрдэттэн билэллэр, маҕаһыыннарга уочарат хара сарсыардаттан буолара, мин олорор сылларбар. «Билигин да оннук«, — дииллэр билэр дьонум.
Оттон олохтоохтор аһылыктарын рационугар сибиэһэй оҕурсу, помидор, күөх луук өрүү баар буолуон баҕараллар. Ол иһин бэйэлэрэ олордоллор.
Хас эмэ ыйы быһа борук-сорукка олорбут дьон, олунньуга күн тахсыытын көрөөт, буордарын сахсыйбытынан бараллар. Кыараҕас түннүктэринэн тыгар сырдыкка көмөлөһүннэрэн, ыам ыйыгар үүнээйилэрин хомуйан сииллэр.
Кэлиҥҥи кэмҥэ клубниканы кытта түннүккэ үүннэрэр буолбуттар этэ. Булуҥнарым дьэ маладьыастар.
Маҕаһыыҥҥа сибиэһэй оҕурсу сыаната — 650 солк. Онон дьиэ кэргэн бюджетыгар да баһаам экономия оҥоһуллар.
This post was published on 20.05.2022 13:01 13:01