2025 сылга диэри түргэн интернеккэ Саха сирин Арктикатын 84 нэһилиэнньэлээх пуунун холбуохтара. Ол туһунан Айсен Николаев ВЭФ-2022 чэрчитинэн «Восток России: региональные драйверы цифрового развития в новой реальности» сессияҕа эттэ.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ өрөспүүбүлүкэҕэ интернетинэн туттууга дьон тиксиилээх буолуоҕа, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыа, маны сэргэ саҥа үлэ миэстэлэрэ тахсыахтара. Ол эбэтэр, кэлэр 5 сылга 10 тыһ кырата суох үлэ миэстэтин таһаарар сорук турар.
Саха сиригэр сибээс сайдыыта, кини этэринэн, дьон телемедицина консультациятын ыларыгар, дистанционнай үөрэххэ, государственнай уонна муниципальнай өҥөнөн туттарыгар көмөлөөх буолуоҕа.
Билигин региоҥҥа сылга 2 тыһ км оптоволокно тардыллар.
This post was published on 08.09.2022 14:27 14:27