Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр тоҕус ойуур баһаарын умуллардылар, биэс баһаары туораттылар. От ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, түөрт саҥа ойуур баһаарын буллулар, оттон Алдан оройуонугар баһаартан сэрэхтээх буолуу төрдүс кылааһа олохтонно. Ону оперативнай штаб брифинигэр иһитиннэрдилэр, диэн СИА кэпсиир.
Суукка саҕаланыыта 37 794 гектар иэннээх сиргэ барыта 51 ойуур баһаара баар:
19-Алдан оройуонугар;
11 — Уус-Майа оройуонугар;
8 — Нерюнгри оройуонугар;
Мииринэй, Бүлүү оройуоннарыгар 3-түү;
1-дии Эдьигээн, Үөһээ Бүлүү, Өлөөн, Дьааҥы, Орто Халыма, Өймөкөөн, Бүлүү улуустарыгар.
Билигин 5669 гектар иэннээх сиргэ тоҕус ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар.
«Куһаҕан суоллаах уонна тэйиччи сытар 893 гектар иэннээх сиргэ түөрт ойуур баһаара турар», — диэн экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Онно 562 киһи уонна 23 тиэхиникэ үлэлии сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэ ыксаллаах быһыыттан-майгыттан сэрэхтээх буолуутун хамыыһыйата 32 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 42 ойуур баһаарын умуруорууну, ыраах сиргэ сыталларыттан сылтаан тохтотто, маныаха бу баһаардары умулларарга баранар хоромньу тыа умайбытынааҕар элбэх диэн суоттаабыттар. Нэһилиэктэргэ уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суох.
Саха сиригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан ойуур пуондатын сирдэригэр 71 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 370 ойуур баһаарын бэлиэтээбиттэр. Ааспыт сыл баччаларга 2,2 мөл. гектар иэннээх сиргэ 1136 ойуур баһаарын бэлиэтээбиттэр.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар регионнааҕы характердаах ЧС режимэ салгыы үлэлиир.