Саха сирэ киэҥ сири тайыырынан, айылҕатын көстүүтэ араастаһар. Бу сарсыарда Эбээн Бытантай улууһун Саккырыыр олохтоохторо хаарга уһугуннулар, оттон Хаҥалас улахан ааннара — ардахха.
Саккырыыртан Сардаана Копырина иһитиннэрбитинэн, билигин улуус киинигэр хаар түһэр. Олохтоох ЕДДС эрдэ оройуон территориятыгар ыам ыйын 25 чыыһылатыгар 15-20 с/м түргэннээх тыал, инчэҕэй хаар түһэрин биллэрбит. «Онон барыллаан билэр этибит. Тымныйбыт. Оҕолорун дьыссаакка илдьээри такси көрдүүр төрөппүт элбээбит«, — диэтэ кини.
Оттон Улахан Аан олохтооҕо Екатерина Иванова ардах түспүтүн кэпсээтэ.
Дьыл бу кэмигэр сөҥүү түһүүтэ — быйаҥҥа дииллэр кырдьаҕастар. Манна эбии быйыл элбэх ньургуһун үүммүтэ — сир аһа өлгөмнүк үүнэрин бэлиэтэ диэн этэллэр.