Саха сиригэр үүнээйи хаһаайыстыбаларыгар судаарыстыбаннай өйөбүл баар буолан, былырыын төһө да кураан турбутун иһин, аграрийдар былааннарын толорбуттара. Быйыл эмиэ сааскы ыһыы үлэтигэр бэлэмнэниигэ анаммыт субсидия кэмигэр бэриллиэҕэ. Ол туһунан тохсунньу 21 күнүгэр агрономия тиэмэтигэр мунньахха үүнүүнү, сири кытта үлэ уонна мелиорация департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев эттэ.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 2025 сылга ыһыы иэнин структуратын барыллаан оҥордо. Мунньах кыттыылаахтара үүнээйи уонна сүөһү сиир аһын олордуутугар судаарыстыбаннай өйөбүлү 2024 сыл таһымыттан кыччаппаты эттилэр.
Ил Дархан Айсен Николаев парламеҥҥа ыҥырыытыгар тыа хаһаайыстыбатын бары салаатыгар оҥоһуллар үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйа эбиллэрэ — сүрүн сыал-сорук буоларын эппитэ. Оттон 2030 сылга олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы балтараа төгүл эбиллиэхтээх.
Сүрүн сорук – бааһына иэнин 70 тыһыынча гектарга диэри улаатыннарыы, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарыылара 70% эбиллиэхтээх, экспортка таһаарыыга кырата 10 араас ас оҥоһуллуохтаах, эт аһы 8000 туоннаҕа диэри, үүт аһы — 15000 туоннаҕа диэри таһаарыллыахтаах.
This post was published on 21.01.2025 13:07 13:07