Бэҕэһээҥҥиттэн Екатеринбурга эр дьоҥҥо боксаҕа Россия Кубога саҕаланна. Биэс федеральнайдааҕы уокурук састаабыгар Саха сириттэн аҕыс боксер киирсэн, рингэҕэ тахсар. Кинилэр ортолоругар Россия спордун үтүөлээх маастара Василий Егоров, суруйар СИА.
Боксаҕа күрэхтэһии бэс ыйын 14 — 19 күннэригэр буолар. Аҕыс федеральнайдааҕы уокурук уонна икки федеральнайдааҕы суолталаах куорат хамаандалара кытталлар. Уһук Илиҥҥи уокурук сүүмэрдэммит хамаандатыгар Саха сириттэн түөрт спортсмен киирдэ — Валерий-Талбан Егоров (49 кг), Николай Григорьев (52 кг), Михаил Варламов (56 кг), Стручков Виталий (60 кг), Соҕурууҥу федеральнай уокуруктан Михаил Прокопьев (49 кг).
Москва уобалаһыттан аан дойду вице-чемпиона Василий Егоров (52 кг), Санкт-Петербург — Евгений Мартынов (52 кг), Назар Андреев (52 кг) — Москва.
Турнир бирииһин пуондата — 20 мөл солк, онтон 10-на кыайыылаах хамаандаҕа бэриллэр. Иккискэ — 7 мөл солк, үһүстэр — 3 мөл солк.
This post was published on 15.06.2021 14:55 14:55