Бу күннэргэ РФ бырабыыталыстыбата Уһук Илин ыраах уонна суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарын олохтоохторугар чэпчэтиилээх авиабилиэттэрин субсидиялыырга үбүлээһини көрдө. Дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин, Владимир Путин быһа линиятын кэнниттэн, илии баттаата.
Харчы 2023 сылга дьону тиэйбит-таспыт авиахампаанньалар ороскуоттарын сабыыга бэриллэр. Саха сиринээҕи тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев эппитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ «Якутия» уонна «АЛРОСА» хампаанньалар маннык субсидиялары тутуохтара. Кинилэр сыл саҕаланыаҕыттан 95 тыһыынчаттан тахса чэпчэтиинэн туһанааччыны таспыттар.
Регион авиахампаанньаларын таһынан «Аэрофлот» уонна «Сибирь» АХ маннык өҥөнү эмиэ оҥороллор.
Сиһилии: https://ysia.ru/bolee-95-tysyach-yakutyan-vospolzovalis-pravom-na-lgotnye-aviabilety/
This post was published on 20.12.2023 10:01 10:01