Дойду спортка миниистирэ Олег Матыцин норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах Россия спордун маастара ааты Саха сириттэн түөрт киһиэхэ туттарда. Ааты чэпчэки атлетика, охтон ытыыга хайысхалар бэрэстэбиитэллэрэ ыллылар, суруйар СИА.
Чэпчэки атлетикаҕа сверхмарафоҥҥа дойду чемпионката Надежда Бут тутта, Амма улууһа. Ох саанан ытыыга Айаал Адамов, Хаҥалас улууһа, Дайаана Винокурова, Рената Гаврильева, кэбээйилэр ыллылар. Кинилэр былырыын Россия таһымыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
Санаттахха, эрдэ маннык бэлиэни мас-рестлиҥҥа Павел Черноградскай уонна Дмитрий Попов ылбыттара.
This post was published on 07.04.2023 14:01 14:01