2020 сыллааҕы судаарыстыбаннай бюджет суолталаах чааһа бюджет эйгэтин үлэһиттэригэр хамнас төлөбүрүгэр ананар. Бу туһунан регион үпкэ миниистирэ Валерий Жондоров парламент киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар эттэ.
«Бюджет эйгэтигэр 120 тыһыынча киһи үлэлиир. Борогунуос быһыытынан кэлэр сылга хамнас фондата 89-90 млрд солк тэҥ, 2019 сылы кытта тэҥнээтэххэ 6,2 млрд солк элбэх», – диэтэ депутаттар ыйытыыларыгар хоруйдууругар Валерий Жондоров.
Нолуоктан уонна нолуогу таһынан үбү киллэрии кэлэр сылга 121 млрд.солк диэн суоттанар, бюджет хааччыллыытын тэҥнээһиҥҥэ дотация – 51,5 млрд солк.
«Бюджет кодексатын классификациятынан нолуоктан уонна нолуогу таһынан киирэр дохуот, итиэннэ дотация — РФ субъегын тус туттар харчыта буолар», – диэн бэлиэтээтэ Жондоров.
Сокуон барылыгар 2020 сылга бюджет дохуотун уопсай суумата — 179 млрд 333 мөл солк, ороскуота – 180 млрд 332 мөл солк, дефицит кээмэйэ – 999 мөл. солк. Манна федеральнай бюджеттан киирии өссө тиһэҕэр диэри учуоттана, итиэннэ энерготарыыбы тэҥнииргэ көрүллүбүт «РусГидро»-тан киирии харчы эмиэ ситэри тыырылла илик.