Саха сирин 200 тыһыынча олохтооҕо социальнай төлөбүрү уларыйбыт кээмэйинэн ылыаҕа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатыгар 2020 сылга сорох социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэрин индексацияларын коэффициеннарын бигэргэттилэр. Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, бу сыалга 136 мөл солк регион бюджетыттан көрүллүбүт. 


Елена Волкова этэринэн, барыллааһын көрдөрүүтүнэн, үүнэр сылга потребительскай сыана индексэтэ 103% тэҥнэһиэ, ол иһин саҥа коэффициент — 1,03 буолуоҕа. Бу сыыпппараҕа олоҕуран төлөбүрдэр кээмэйдэрэ уларыйыа.

Биэдэмистибэ салайааччыта иһитиннэрбитинэн, индексация Саха сирин 200 тыһыынча социальнай төлөбүрүнэн туһанааччытыгар тиийиэхтээх.

This post was published on 26.12.2019 10:33 10:33