Саха сирин 20 эдэр бөҕөһө көҥүл тустууга Россия чемпионатыгар кыттар

Балаҕан ыйын 8 — 12 күннэригэр Москва уобалаһын Наро-Фоминск куоратыгар 21-гэр диэри саастаахтарга көҥүл тустууга Россия чемпионата буола турар. Манна Саха сирин 20 эдэр спортсмена кыттар.


Россия чемпионатыгар Саха сириттэн 20 эдэр бөҕөс ыҥырыы тутан, күрэхтэһиигэ кыттар – Уйгулаан Иванов, Айаал Белолюбский, Любомир Ашеин, Харысхал Григорьев, Егор Вензель, Дархан Игнатьев, Александр Авелов, Валерий Андросов (57 кг), Сергей Максимов (61 кг), Петр Парников (65 кг), Албан Аввакумов, Станислав Свинобоев, Вальтер Владимиров (70 кг), Андриан Ленский, Егор Бурнашев (74 кг), Никита Софронов (79 кг), Сергей Николаев (86 кг), Данил Иванов (97 кг), Никита Хабаров уонна Эдуард Максимов (125 кг).

Валерий Андросов уонна Андриан Ленскэй Москва уобалаһыгар эрчиллиини ааспыттара, онон икки зачёт туттараллар.

Саха сирин хамаандатын эдэрдэргэ өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерэ Станислав Захаров илдьэ сылдьар.

Источник: “Дьулурҕан”

This post was published on 10.09.2020 14:01 14:01