Арассыыйа спортка миниистирэ Олег Матыцин Саха сирин 14 спортсменыгар спорт маастарын аатын иҥэрдэ. Дастабырыанньаны дзюдо, остуол тенниһин, хотугу многоборье, тирэнэр-хамсанар аппарааттарыгар хааччахтаах спортсменнар, оҕунан ытааччылар ыллылар.
Саамай элбэх ааты хотугу многоборье спортсменнара ыллылар — Алена Луковцева, Анастасия Нюкканова, Инесса Павлова, Алексей Созонов, Илона Татаринцева, Валерия Туприна, Лидия Тыщук, Айаан Чоросов.
Итини таһынан, Арассыыйа спортка маастарын аатын дзюдоисткалар Аина Моисеева, Юлия Аман, остуол тенниһигар Михаил Кылабысов ыллылар.
Чэпчэки атлетикаҕа тирэнэр-хамсанар аппарааттарыгар хааччахтаах спортсменнар ыккардыларыгар Арассыыйа Кубогар маастар нуорматын Саргылан Семенов толорбута. Оҕунан ытыыга спорт маастара ааты Радомир Ким уонна Юлиана Колесова ылары ситистилэр.
This post was published on 09.12.2020 17:01 17:01