«Якутия» уонна «Полярные авиалинии» бэс ыйыттан алтынньыга диэри 2022 с. кулун тутар 28 күнүттэн субсидиялаах билиэттэри атыылаан саҕалыахтара диэн, СИА-ҕа регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Чэпчэтиилээх билиэттэринэн Арктика оройуоннарыгар регистрациялаах, ону тэҥэ «земскэй учуутал», «земскэй доктор/земскэй фельдшер» федеральнай бырагыраамалар уонна «тыа сирин оскуолаларын уонна хотугу улуустар доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин педагогическай үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыы» региональнай бырагыраама кыттыылаахтара туһаныахтарын сөп.
«Якутия» авиахампаанньаҕа субсидиялаах билиэттэрин сыаналара 9100-12700 солк. диэри араастаһар, уонна 6 хайысхаҕа үлэлиир:
— Дьокуускай – Баатаҕай – Дьокуускай;
— Дьокуускай – Депутатский – Дьокуускай;
— Дьокуускай – Өлөөн – Дьокуускай;
— Дьокуускай – Орто Халыма – Дьокуускай;
— Дьокуускай – Тиксии – Дьокуускай;
— Дьокуускай – Чокурдаах – Дьокуускай.
«Полярные авиалинии» 11 хайысханан үлэлиир, билиэт сыаната 8800-тан 23050 солк. диэри тиийэр:
— Дьокуускай — Баатаҕай – Дьокуускай;
— Дьокуускай — Зырянка – Дьокуускай;
— Дьокуускай — Сааскылаах – Дьокуускай;
— Дьокуускай — Орто Халыма – Дьокуускай;
— Дьокуускай — Тиксии – Дьокуускай;
— Дьокуускай — Черскэй – Дьокуускай (Орто Халыма нөҥүө);
— Дьокуускай — Белая Гора – Дьокуускай;
— Дьокуускай – Муома (Хонуу) – Дьокуускай;
— Дьокуускай — Усть-Куйга – Дьокуускай;
— Дьокуускай – Саккырыыр- Дьокуускай;
— Дьокуускай — Эдьигээн – Дьокуускай.
Санатан эттэххэ, регионнааҕы былаастар көҕүлээһиннэринэн, бу сыл тохсунньутуттан ыла улуустар икки ардыларынан сырыылары субсидиялааһын бырагыраамата аадырыстаах буолла. Быйыл бырагыраамаҕа барыта 250 мөл. солк. көрүлүннэ. Кулун тутар 18 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ социальнай- экономическай туруктаах буолуутун хааччыйыыга сүбэ мунньаҕар регион баһылыга Айсен Николаев 350 мөл. солк. диэри үбүлээһини улаатыннарарын туһунан иһитиннэрдэ. Уопсайынан, ити сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 600 мөл. солк. көрүллүөхтээх.