Дойду спордун миниистирэ Олег Матыцин бирикээһинэн Саха сирин 11 спортсменыгар Россия спордун маастара бэлиэ ананна. Нуорманы тустууктар, пауэрлифтердар, дуобаччыттар уонна ытааччылар толордулар.
Россия спордун министиэристибэтин бирикээһэ кулун тутар 30 күнүгэр баттаммыта. Пауэрлифтиҥҥа Ярослав Морозов, Семен Попов, Юрий Стручков ыллылар. Буулдьанан ытыыга — Наина Гоголева, Уйусхан Захаров, Ян Цой. Тустууга Айтал Захаров, Алексей Захаров, Алина Казымова. Дуобакка Елена Кычкина, Анатолий Протодьяконов.
This post was published on 06.04.2020 14:05 14:05