2022 сыл тохсунньу 10 күнүттэн «Земскэй учуутал» федеральнайдааҕы бырагырааманан куонкуруска кыттыыга докумуону тутуу саҕаланна. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 15 квота көрүлүннэ, үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
2021 сыл ахсынньытыгар регион үөрэҕин министиэристибэтэ вакансиялар испииһэктэрин бигэргэппитэ. Бу сигэнэн билсиэххитин сөп.
Бэрээдэк быһыытынан тохсунньу 10 — муус устар 15 күннэригэр С.Н.Донской-II аатынан үөрэх сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтии института докумуоннары хомуйар.
Куонкурус түһүмэхтэрин манна киирэн аах: https://ysia.ru/v-yakutii-startoval-priem-dokumentov-po-federalnoj-programme-zemskij-uchitel/
This post was published on 11.01.2022 17:01 17:01