Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин судаарыстыбаннай паблига иһитиннэрэринэн, кинилэр хонтуруолларынан «Здравконтроль» үлэлиир. Ситим нэһилиэнньэ этиниитин түргэнник көрүүгэ уонна быһаарыыга туһуланар.
Хоруй икки чаас иһигэр оҥоһуллар.
Медицина чатыгар маннык ыйытыыларга эппиэттэр бэриллэллэр:
— бырааска көрдөрүүгэ суруттарыы ыарахаттардаах буоллаҕына;
— бырааһы дьиэҕэ ыҥырыыга кыһалҕа үөскээтэҕинэ;
— пациент маршрутизацията суох буоллаҕына;
— чинчийии уонна анаалыс ыытыытыгар тардыллыы баар буоллаҕына;
— медицина көмөтүн уонна чэпчэтиилээх эми ылыыга;
— медицина этикатын кэспит буоллахтарына;
— төлөбүрдээх медицина өҥөтүн соҥнуур уонна сокуоннайа суох ирдиир буоллахтарына.
Чатка сигэлэр: «Якутск. Здоровье» (Дьокуускай куорат медицина тэрилтэлэрэ); «Саха. Здоровье» (улуустарга баар медицина тэрилтэлэрэ).
Чаттар күн аайы үлэлииллэр 8:00 — 20:00 чааска, баскыһыанньаҕа өрүүллэр. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан киирбит 700 этии ситиһиилээхтик быһаарыллыбыта.
This post was published on 16.01.2025 11:09 11:09