Саха сиригэр ынах сүөһү ахсаана сэтинньи 3 күнүнээҕи туругунан 224 тыһыынчаҕа, оттон сылгы ахсаана 238 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ. Сүөһүнү-сылгыны кыһыҥҥы режимҥэ киллэриэх иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ эбии аһылыгы атыылаһыыга уонна таһыыга тустаах дьаһаллары ылыннылар, диэн СИА кэпсиир.
Сүөһү уопсай ахсааныттан ыанар ынаҕа 78 тыһыынча, бу ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, 1,8 %- нан элбэх. Хаһаайыстыбалар бары категорияларыгар 64 тыһыынча ньирэйдэннилэр. Сылгы ахсаана 238 тыһыынча төбө, ол иһигэр биэтэ 119 тыһыынча, ити ааспыт сыл туһааннаах кэмин көрдөрүүтүттэн 2,5 %- нан элбэх. Бу туһунан СИА-ҕа Саха сиригэр сүөһү иитиитин, племенной надзорун уонна дьоҕус хаһаайыстыбаларын департаменнарыгар иһитиннэрдилэр.
Улуустар оперативнай дааннайдарынан, сэтинньи 3 күнүнээҕи туругунан, 382 тыһыынча туонна от, 26,7 тыһыынча туонна сиилэс, 14,2 тыһыынча туонна сенаж баар. Быйыл оту бэлэмнээһин былаана 90% туолла. Улахан муниципалитеттартан оттооһун былаанын Нам, Хаҥалас улуустара уонна Дьокуускай куорат аһара толордулар.
«Кыстыкка бэлэм билиҥҥитэ этэҥҥэ ааһар эрээри, дьүүллүүр эрдэ. Сылыктаатахха, ахсынньы 31 күнүгэр диэри сүөһү ахсаана 179 тыһыынча төбө, ыанар ынаҕа 74 тыһыынча, 182 тыһыынча сылгы кыстыкка хаалыаҕа. Ити сылыктыыр чахчылары учуоттаан, өрөспүүбүлүкэ быйылгы кыстыкка биирдии сүөһүгэ 9,1 центнер аһылык тиксэр, бу уустук көрдөрүүгэ киирсэр. Быһыыны- майгыны тупсарар туһугар өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сорудаҕынан эбии 101 мөл. солк. оту атыылаһыыга уонна таһыыга бэрилиннэ», — диэн департамент салайааччыта Николай Питомко кэпсээтэ.