Саха сиригэр ыччат ортотугар үлэтэ суох буолуу ахсаана аҕыйаата

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр 24 диэри саастаах ыччат ортотугар үлэтэ суох буолуу ахсаана аҕыйаата, 13,5%,  оттон 29 диэри сааһыгар –  8,9% диэри түстэ. Ол туһунан дьарыктаах буолуу киинин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйаачччы Анастасия Позднякова мунньахха эттэ.

Ыччат дьарыктаах буолуутугар анаммыт 2030 сылга диэри бырагырааманы бырабыыталыстыбаҕа дьүүллэстилэр. Вице-премьер Георгий Степанов ыытта.

Онно этиллибитинэн, сыаллаах бырагыраама иккис кыбаартал түмүгүнэн көрдөрүүтэ толору туолла. Холобур, 24 диэри саастаахтарга былаан 14% эбит буоллаҕына, туолуута 13,5%,  29 диэри саастаахтарга 11% былаан, туолуута — 8,9%.

Идэни баһылаабыт ыччаты үлэнэн хааччыйыыга сыаллаах үлэ барбытын түмүгэр маннык таһым көстөрүн эттилэр.

This post was published on 21.12.2023 13:04 13:04