Саха сиригэр ыал буолуу арахсыыттан элбэх

2021 сыл бастакы кыбаарталын көрдөрүүтүнэн, 8814 гражданскай турук актата бэлиэтэннэ, бу былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ 762-нэн элбэх.  Ааспыт сыл түмүгүнэн, ыал буолуу арахсыыттан элбэх. Бу туһунан «Саха» НКИК ханаалыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи ГТАС салайааччытын солбуйааччыта Туйаара Такасаева эттэ, суруйар СИА.


«Акт суруйуутун 79%-на улуустарга оҥоһуллар. 21% — олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар», — диэтэ Туйаара Такасаева.

Юстиция министиэристибэтэ сылын аайы ГТАС-га үлэ көрдөрүүлэрин тупсарыыга сыал туруорар. «Быйыл биһиги 32 560 акт суруйуохтаахпыт. Бу соругу толорор кыах баар, ааспыт сылга былаантан таһынан барбыппыт. Маны сэргэ юридическай суолталаах дьайыылары оҥоробут. Бэлиэтэммитинэн – 64 690 буолуохтаах. Бу ыспыраапкалар, хос бэриллэр сибидиэтэлистибэлэр уонна да атын докумуоннар», — диэтэ кини.

Такасаева эппитинэн, тутулуга суох сыана биэриинэн, нэһилиэнньэ тустаах үлэни 100% биһириир.

Ааспыт сылга 4 тыһ ыал буолуу, арахсыы 3 тыһ бэлиэтэммит. «Көрдөрүү куһаҕан буолбатах, сыыппара төттөрү эбитэ буоллар — ол куһаҕан. Онон үчүгэй динамика баар, ыал буолуу көрдөрүүтэ улахан», — диэтэ Туйаара Такасаева.

This post was published on 01.05.2021 18:01 18:01