Коронавирус пандемиятынан, Саха сиригэр атын регионтан кэлээччилэр, 14 хонуктаах харантыыны ааһаллара булгуччулаах. Ол туһунан муус устар 6 күнүгэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина күннээҕи брифиҥҥэ эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэ баһылыга икки түгэҥҥэ ордук болҕомтотун уурар – бастакытынан, вахтанан үлэлии кэлээччилэри хонтуруолга тутуу. Ханнык тэрилтэҕэ хаһан хас вахтовик кэлэрэ барыта суругунан баар. Онон салайааччыларга бу дьон кэллэ да 14 хонуктаах харантыыҥҥа киирэллэрэ булгуччулааҕа тириэрдиллэн турар. Биллэн турар, маннык миэрэ ылыллыыта тэрилтэҕэ эбии ноҕурууска, ити эрээри дьон доруобуйата ордук күндү”, — диэтэ Ольга Балабкина.
Хааччахтааһын миэрэлэрэ киллэриллибиттэринэн, тутуу эйгэтигэр үлэһит илии тиийбэтэ баар. Онон бэйэбит орто анал үөрэхтэрбит тэрилтэлэригэр дьарыга суохтары кылгас куурустарга үөрэтэн үлэлэтэр былаан баар.
This post was published on 07.04.2020 09:06 09:06