Региоҥҥа «Саха сирэ» уонна «Соҕуруу Саха сирэ» урутаан сайдыы сирдэригэр-уоттарыгар 72 резидент үлэни ыытар уонна 10 тыһыынчаттан тахса саҥа үлэ миэстэтин тэрийдэ.
Инвестициялар көмөлөрүнэн бырайыактары олоххо киллэрэргэ 111 млрд солк угулунна.
«Инвестициялары тардыы, саҥа инвестиционнай бырайыактары өйөөһүн Уһук Илин сайдыытын биир тутаах хайысхата буолар», – диэн РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — вице-премьер Юрий Трутнев эппитэ.
Санатан эттэххэ, Россияҕа социальнай-экэнэмиичэскэй урутаан сайдыы сирдэрэ-уоттара РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибиттэрэ. 2014 сыл бүтэһигэр тустаах федеральнай сокуон ылыллыбыта.
This post was published on 18.06.2024 14:25 14:25