Саха сиригэр уоттаах сэрии бэтэрээннэригэр 100-түү тыһ. солк биэриэхтэрэ

2020 Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Дойдуга бэриниилээх буолуу» сылынан биллэриллибитэ. Дьаһал Аҕа дойду улуу сэриитигэр норуот хорсун быһыытын кытта ыкса сибээстээх. Кыайыы 75 сылыгар федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттартан судаарыстыбаннай көмөнү ылааччыларга төлөбүрдэр оҥоһуллуохтара. 


«Биһиэхэ судаарыстыба төлөбүрдэринэн туһанааччы хас да категория дьон баар. Бастатан туран, Улуу сэрии кыттыылаахтара 100-түү тыһ солк ылыахтара», — диэн быһа эфир кэмигэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина эттэ.

Вице-премьер эрдэ Саха сиригэр биир кэмнээх төлөбүрдэр көрүллүөхтэрэ, кээмэйэ урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, ботуччу буолуоҕа диэн эппитэ. Холобур, сэрии кыттыылаахтара, сэрии толоонугар охтубуттар огдооболоро 100 тыһ.солк. ылыахтара, Ленинград блокадатын ааспыттар, гетто, концлагерь ыар тыынын билбиттэр — 30 000 солк., сэрии кыттыылаахтарын огдооболоро – 20 тыһ. солк., тыыл бэтэрээннэрэ – 10 тыһ. солк. уонна сэрии оҕолоро — 3 тыһ. солк.

This post was published on 23.01.2020 14:47 14:47