Саха сиригэр уоруу, түөкүннээһин элбээбит

Өрөспүүбүлүкэҕэ уоруу элбээбит. Ол курдук, көрдөрүү 7,9% эбиллибитэ биллэр. Ол иһигэр маҕаһыыны, ыскылааты, баазалары халааһын 4,7%, квартиралары 10,5% буолбут. Түөкүннээһин 2,6 төгүл, күһэйэн туран баайы, үбү-харчыны ылыы 18,8% элбээбит. Ити туһунан ИДьМ 2016 сыл бастакы аҥаарын түмүгэр анаммыт киэҥ ыҥырыылаах мунньахха эттилэр.


Уопсастыбаннай миэстэлэргэ буруйу оҥоруу үксүү турар. Ол курдук, регистрацияламмыт буруйдарга бу 33,8 % ылар. Итинтэн 523 РФ холуобунай кодексын 264.1 ыстатыйатыгар сөп түбэһэр.

Күннээҕи олоххо буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ 7,7% үрдээбит. Урукку өттүгэр холуобунай эппиэтинэскэ тардылла сылдьааччылар буруйу оҥоруулара үксээбит. Маннык түбэлтэ Булуҥҥа, Чурапчыга, Намҥа, Уус-Алдаҥҥа, Уус-Маайаҕа ордук элбэх.

Омук дьоно уонна гражданствота суохтар буруйу-сэмэни оҥоруулара аччаабыт. Төттөрүтүн кинилэри утары 21 буруй тахсыбыта бэлиэтэммит. Ити былырыын баччаны кытта тэҥнээтэххэ, 41,7% намыһах.

Буруйу оҥорооччулартан 566 дьахталлар, кинилэр ахсааннара сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолортон 8,9% намыһах.

This post was published on 28.07.2016 15:19 15:19