Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Саха сиригэр барыта 28,2 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 14 ойуур баһаарын умуллараллар, олортон уон уоту умуруорууга үлэ барар, биэһин тохтоттулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев кэпсээтэ.
«Ааспыт сууккаҕа Кэбээйи оройуонугар эбии биир ойуур баһаарын буллулар уонна түөрдү тохтоттулар. Уоту умуруорууга 513 киһи уонна биир тиэхиньикэ үлэлиир. Бүгүн уоту тохтоппут сирдэртэн дьону таһаарыахтаахтар. Сарсын дислокация миэстэтигэр эбии 100 киһи көмөлөһө барыаҕа», — диэн Коноплев иһитиннэрдэ.
This post was published on 23.08.2023 09:36 09:36