Саха сиригэр Уол оҕо күнүн бэлиэтээтилэр

Муус устар 9 күнүгэр Саха сирэ аан бастакытын Уол оҕо күнүн бэлиэтиир, диэн иhитиннэрэр edersaas.ru.


Бу күнү «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын Саха сиринээҕи салаата көҕүлээбитэ. Анал күҥҥэ тэриллибит «Уол оҕобор сурук» диэн акцияҕа элбэх аҕа кытынна. Манна аҕалар ааттарын ааттатар, туйахтарын хатарар, удьуордарын утумнуур ыччаттарыгар анаан баҕа санааларын, кэс тылларын суруйдулар. Бу суругу оҕо улаатан да баран ааҕыан сөп. Акция аҕа уонна оҕо тыыннаах ситимнэрэ, истиҥ сыһыаннара бөҕөргүүрүгэр туһуламмыт.

Маны сэргэ, бэҕэһээ Дьокуускайдааҕы өрүс училищетыгар бэртээхэй тэрээһин ыытылынна. Манна куорат оскуолаларыттан уолаттар кэлэн робототехникаҕа, уһанарга, о.д.а. маастар-кылаастарга сырыттылар, күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Санатан аастахха, өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ, Аҕа, Кыыс оҕо күннэрэ уруккуттан ыытыллаллар. Маны тэҥэ, Булчут уонна Уол оҕо күнэ олохтононнор,  уол, эр киһи, аҕа уопсастыбаҕа оруолун, эппиэтинэһин күүһүрдэргэ туһуламмыттара. Онон уол оҕо Ийэ дойдутун көмүскээччи, аҕа ууһун салҕааччы, удьуорун ууһатааччы быһыытынан болҕомто үөһүгэр сылдьыахтааҕа уһулуччу суолталанна.

This post was published on 10.04.2017 12:00 12:00