Саха сиригэр учуокка турар дьиэ кэргэн ахсаана 13% аҕыйаата

Саха сиригэр кэнники үс сылга профилактическай учуокка турар дьиэ кэргэн ахсаана 13% аҕыйаата диэн, өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Биэдэмистибэ ыарахан олохтоох оҕолоох дьиэ кэргэттэри булан, 30 тыһыынчаттан тахса патронаһы ыытар. 2022 сыл бастакы аҥарыгар 220 төрөппүт үлэҕэ киирдэ, онтон 49 эр киһи уонна 171 дьахтар. 354 киһини арыгыттан эмтииргэ көмөлөстүлэр, онтон 108 эр киһи уонна 246 дьахтар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор ахсааннарын аҕыйатыыга үчүгэй динамика тутуһуллар. Тулаайах оҕо уопсай ахсаанын 90%-на дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. Төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт 400-тэн тахса оҕо судаарыстыба тэрилтэлэригэр иитиллэр.

Саха сиригэр тулаайах оҕолору иитэр 12 тэрилтэ баар. Социальнай өҥө профилактическай  үлэтин күүһүрдэн, оҕону төһө кыалларынан төрөөбүт дьиэ кэргэнигэр  хааллара сатыахха наада диэн сорук турда.

This post was published on 02.12.2022 15:10 15:10