Саха сиригэр учаастактааҕы балыыһалары сабыыны үөһэттэн соҥнооботтор

«РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ким даҕаны Саха сирин учаастактааҕы балыыһаларын аҕыйатары ирдээбэт», — диэн тустаах министиэристибэ салайааччытын солбуйааччыта Татьяна Яковлева суруналыыстарга эттэ. 


Кини этэринэн, хас биирдии региоҥҥа дьон доруобуйатын харыстабылыгар тустаах субъект баһылыга эппиэтинэһи сүгэр, онтон федеральнай таһымҥа нуорма-быраап базата эрэ оҥоһуллар.

Татьяна Яковлева бэлиэтииринэн, Россия доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ чуолкай нормативтаах. Нэһилиэк административнай киинтэн төһө ырааҕынан, киһитин ахсаана төһөтүнэн көрөн, ол нормативка олоҕуран, нэһилиэктэргэ эмтиир тэрилтэ үлэтэ көрүллэр. Бу бирикээс Россия доруобуйатын харыстабылын кэтээн көрөр тэрилтэнэн хонтуруолланар.

Ити эрээри, регионнарга, ол иһигэр Саха сиригэр, баар бастакы көмөнү оҥорор тэрилтэлэр бэйэлэрэ уратылаахтар. Ол иһин РФ туһааннаах министиэристибэтигэр бөлөх тэриллэн баар нуорма-быраап базатыгар көннөрүүлэри киллэриэҕэ. Бу бөлөххө Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ киирэллэр.

«Медицина тэрилтэлэрин кадрынан хааччыйыыга уларытыылар киллэриллиэхтэрэ. Саха сиригэр санавиация, телемедицина уонна нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрии-сырдатыы үлэтин таһымын үрдэтии наада», — диэтэ миниистири солбуйааччы.

Көннөрүүлэр, бастатан туран, уопсай практика быраастарын таарыйыахтара. Кинилэргэ анаан анал үөрэтии модула оҥоһуллар. Эмчиттэри интенсивнай терапия эйгэтигэр көмөнү оҥорууга үөрэтиэхтэрэ. Холобур, хоту улуустарга халлаан туругуттан санавиация көппөт түгэнигэр, олохтоох быраастар бэйэлэригэр телемедицина нөҥүө эмтииллэрэ олохтонуо.

This post was published on 10.06.2016 09:49 09:49