Уһук Илиҥҥи ипотека бырагыраамата үлэҕэ киириэҕиттэн ыла чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн 62 тыһыынчаттан тахса ыал туһанна. Бу бырагыраама Уһук Илиҥҥи уокурукка саҥа дьиэ тутуутун көҕүлээбитэ, 2022 сыл түмүгүнэн Саха сирэ бу көрдөрүүлэргэ лидердар ахсааннарыгар киирдэ. Бу туһунан АО «ДОМ.РФ» инструменнарын туһанан олорор дьиэни тутууну сайыннарыы» пресс-кэмпириэнсийэтигэр иһитиннэрдидэр, диэн СИА кэпсиир.
Уһук Илиҥҥи ипотека бырагыраамата 2019 сылтан үлэлиир уонна эдэр ыалларга 2-тэн үрдүгэ суох быраһыаҥҥа дьиэ ыларга көмөлөһөр. Бырагыраама олоххо киириэҕиттэн ыла, 62 тыһыынчаттан тахса ыал саҥа дьиэни туттарар эбэтэр атыылаһар кыахтанна. Көрүллүбүт кирэдьиит уопсай суумата 263 млрд солк. тэҥнэстэ.
Бу харчы тутуу индустрията сайдарын көҕүлээтэ. Ол курдук, Уһук Илиҥҥи уокурукка тутуу дойду үрдүнэн түргэн тэтиминэн сайдар. Үс сыл иһигэр тутуу кээмэйэ 1,6 төгүл улаатта, диэн иһитиннэрдэ Уһук Илин уокурук уонна Арктика сайдыытын миниистирин солбуйааччы Эльвира Нургалиева.
2022 сыл түмүгүнэн Уһук Илиҥҥэ 3,5 мөл. кв. м кэриҥэ иэннээх дьиэ үлэҕэ киирдэ, ити ааспыт сыллааҕар 15% элбэх. Бу хайысханан үс бастыҥ миэстэни -Приморскай кыраай, Сахалинскай кыраай уонна Саха сирэ ылаллар.
Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан Уһук Илиҥҥи ипотека бырагыраамата 2023 сылга диэри уһатыллыбыта. Онуоха аны бырагырааманан быраастар, учууталлар саастарыттан тутулуга суох туһаныахтарын син.
«Биһиги быйыл Уһук Илиҥҥи бырагыраамаҕа хапсан, олорор дьиэбит иэнин кэҥэттибит. Быраастары бу бырагыраамаҕа киллэрбиттэрэ олус үчүгэй. Эрдэ бырагыраама киирээтин кытары ымсыырбыппыт эрээри, кэргэним сааһа хапсыбат этэ. Онон бу сааһынан хааччаҕа суох быраастарга уонна учууталларга диэн киллэрбиттэрин истэн олус үөрбүппүт», — диэн быраас Нюргуяна Ширяева санаатын үллэстэр.
This post was published on 16.03.2023 11:03 11:03