22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа 600-тэн тахса кирэдьиит бэрилиннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр «Уһук Илиҥҥи ипотека» диэн чэпчэтиилээх бырагырааманан иккис ырыынактан дьиэ ыларга, эдэр ыаллар 2073,05 мөл. солк. уопсай суумаҕа 628 кирэдьиити ыллылар диэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи тутуу министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Саха сиригэр «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманан иккис ырыынактан дьиэ атыылаһары көҥүллүөхтэриттэн ыла 5 эрэ ый устата сүүһүнэн эдэр ыал дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарар кыахтаннылар. Билигин өрөспүүбүлүкэбит олорор дьиэни атыылаһыыга кирэдьииттииргэ бастыҥ көрдөрүүлээх. Эдэр ыаллар «Уһук Илиҥҥи ипотеканан» Нерюнгрига, Мииринэйгэ, Удачнайга, Айхалга, Аллараа Куранаахха уонна Мохсоҕоллооххо «вторичкаҕа» хамсаабат баайы- дуолу атыылаһыахтарын сөп», — диэн тутуу миниистрин бастакы солбуйааччы Галина Новикова бэлиэтээтэ.

2021 сыл алтынньытыттан эдэр ыалларга ананар Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматын кэҥэтэннэр эдэр ыаллар дьиэлэри иккис ырыынактан ылар кыахтаммыттара.

Санатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ чэпчэтиилээх ипотечнай бырагыраамалар рейтиҥнэригэр лидердэр ахсааннарыгар киирсэр. «Уһук Илиҥҥи ипотека» чэрчитинэн, 35 055, 57 мөл. солк. суумалаах кирэдьиит бэриллибит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА