Саха сиринээҕи атыы-эргиэн — промышленнай палаата чилиэттэрэ регион бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенкоҕа тырааныспарга, авиацияҕа, сиртэн хостонор баайга кэскиллээх бырайыактары кэпсээтилэр. Предприниматель күнүгэр анаммыт тэрээһин «Россия — моя история» история пааркатыгар буолла, суруйар СИА.
Миниистирдэр кабинеттарын баһылыга Андрей Тарасенко бэлиэтээбитинэн, билигин буола турар балаһыанньаҕа олохтоох оҥорон таһаарыы өйөнүөхтээх уонна бэйэ оҥорон таһаарыытын дьайыыта оннун булуохтаах. Мунньахха Арктикаҕа суолу-ииһи тэрийэр туһуттан уһулуччу түргэннээх амфибийнай-вездеходнай техника хомуйуутугар транспортнай кластер тэрийэр туһунан эттилэр.
Былаан быһыытынан, кластерга 15 регионнар ыккардыларынааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай, производственнай коммерческай хампаанньа киириэн сөп.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
This post was published on 26.05.2022 17:01 17:01