Кэлэр сылтан тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр субсидия биэриитигэр механизма уларыйар. Уопсай кээмэйэ: 2,8 млрд солк-тан 4 млрд солк тиийэ улаатар. Бөдөҥ кэпэрэтииптэр уонна чааһынай хаһаайыстыбалар бары өйөбүлү билиэхтэрэ. Ол туһунан Якутия-24 ханаалга Айсен Николаев эттэ, СИА суруйар.
«Өскөтүн урут үүккэ эрэ харчы көрүллэр буоллаҕына, кэлэр сылтан туспа ыстатыйанан төбө ахсааныгар субсидия ылыахтара. Бастатан туран, чааһынай хаһаайыстыбалаахтар. Үүккэ бюджеттан 2,8 млрд солк көрүллэригэр эбии кэлэр сылга 1,2 млрд солк тыырыллар. Онон 4 млрд солк буолар. Боломуочуйаны олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттарыгар бэриллэр, хонтуруолу ыыталларыгар анаан. Дьон тута судаарыстыбаттан өйөбүлү билиэ», — диэтэ Айсен Николаев.
Бөдөҥ ТХППК биир лиитэрэ үүккэ көрүллэр 35 солк оннугар 50 солк буолуоҕа. Бу туһунан эмиэ Ил Дархан эттэ.
This post was published on 01.12.2020 10:01 10:01