Тыа хаһаайыстыбатын салаатын үбүлээһин иэнэ кыччаабат, ханнык эрэ хайысхаларыгар өссө эбиллии баар буолуон сөп. Ол туһунан Ил Түмэн аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин эттэ, суруйар СИА.
«Бүгүн пленарнай мунньахха 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан кэпсэттибит. Быйылгы туһааннаах бырагыраамаларга 13 млрд солк көрүллүбүтэ. Онон тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өрө тутабыт уонна дьон бу хайысханан дьарыктанарыгар көҕүлүүбүт. Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев салааны өйүүрүн биллэрдэ уонна көрүллүбүт сыыппара кыччыа суохтааҕын, хайысхаларга өссө эбиллии баар буолуохтааҕын эттэ. Онон биһигини улахан үлэ күүтэр», — диэтэ Андрей Находкин.
Ахсынньы 1 күнүгэр диэри сайдыы хайысхалара уонна 2023 сылга тыа хаһаайыстыбата киллэриитин иэнэ быһаарыллыахтаахтар.
«Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо, кэтэх буоллун, тэрээһиннээх буоллун, судаарыстыбаттан мэктиэлэммит суума баар буолуохтаах. Биһиги үлэни салгыы ыытабыт уонна этиилэри киллэрэбит», — диэтэ Находкин.