Сүөһү уонна көтөр тыыннаах ыйааһынынан оҥоһуллан таһаарыллар иэнэ 37,8 тыһ туоннаҕа тириэрдиллиэхтээх, оттон ыаммыт үүт — 161 тыһ туоннаҕа, сымыыт — 176,7 мөл устуукаҕа.
Сүөһү төбөтүн ахсаанын оннунан хаалларар сорук турар 154,4 тыһ төбө, ол иһигэр ынах-сүөһүтэ — 65,9 тыһ төбө, сылгыта — 173,1 тыһ, табата — 166,8 тыһ.
Ыһыы сирин 3,5% кэҥэтэр былааннаахтар, ол эбэтэр 51 112 га тириэрдэр. Ол иһигэр бурдукка 11 836 га, хортуоппуйга — 6335,4 га, аһаҕас сиргэ үүнэр оҕуруот аһыгар — 1341,2 га, сүөһү сиир аһын бэлэмнээһиҥҥэ — 3600 га.
This post was published on 23.05.2025 12:03 12:03