Саха сиригэр 1000-тан тахса ыал учаастак иһигэр гааһы киллэрэргэ уонна гаас плитатын ыларга судаарыстыбаттан көмө харчы ыллылар. Ыалга бэриллэр көмө төлөбүр кээмэйэ 150 тыһыынча солкуобайга тиийэр.
Минпромгеология уонна Үлэ министиэристибэлэрин судаарыстыбаннай бырагыраамалырын уонна Айсен Николаев көмөтүнэн гааһынан ититиини киилэрдилэр. икки госпрограммата уонна регион баһылыга Айсен Николаевы өйүүр кыахтаннылар. Бу бырагыраамалартан биирдэстэрэ гааһы плиткаҕа киллэрэр ороскуоту 75 %- ҥа диэри уйунар, иккиһэ ититии ситимин тардыыга кыра дохуоттаах ыалларга көмөлөһөр.
«Үлэ министиэристибэтин кытта тыа сиригэр олорор ыалларга, ону тэҥэ Дьокуускай куоракка уонна таһынааҕы нэһилиэктэргэ төһө кыалларынан көмөлөһө сатаатыбыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ номнуо 1008 ыал харчы ылла», — диэн Саха сирин бырамыысаланнаһын уонна геологиятын миниистирэ Максим Терещенко бэлиэтээтэ.
2022 сыллаахха Минпромгеология бырагырааматынан уопсайа 342 сайабылыанньа киирдэ, Үлэ министиэристибэтин хайысхатынан 666 сайабылыанньа. Бу Горнай, Чурапчы, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыттан уонна Дьокуускай куоракка чааһынай дьиэлэри бас билээччилэртэн.
This post was published on 13.10.2022 15:01 15:01