Саха сирин Амма оройуонун олохтоохторо тыһыынчаттан тахса тураах мустубутун видеоҕа уһуллулар. Ролигы оройуоннааҕы «Амма олоҕо» хаһыат телеграм-ханаалыгар бэчээттээтэ.
«Күһүн тураахтар түмсэллэрэ мээнэҕэ буолбатах, ас көрдөөн, өстөөхтөн көмүскэнэллэрэ чэпчэки. Сыл бу кэмигэр кыһыҥҥы саппааһы мунньуналлар. Күнүс көтөрдөр бэйэлэрин дьыалаларыгар көтөллөр, киэһэриитэ хонор сиргэ түмсэллэр», — диэн редакцияҕа кэпсээтилэр.
Түмсэн сырыттахтарына кыылтан ордук көмүскэллээхтэр. Төһөнөн элбэхтэр да, күүстээх харысхаллаахтар, ордук халлаан тымныйар кэмигэр.
Ону таһынан эдэр тураахтар социализацияланаллар уонна олоххо наадалаах үөрүйэхтэри ылаллар, ону тэҥэ бэйэлэригэр аҥардарын булар кыахтаналлар.
This post was published on 17.09.2025 13:02 13:02