Саха сиригэр тыһыынчаттан тахса киһи ойуур уотун умуруорууга кыттар

Фото: Андрей Сорокин, ЯСИА

Оптуорунньукка, от ыйын 11 күнүгэр, Саха сиригэр турбут ойуур баһаарын умуруорууга 1047 киһи, 37 техника уонна авиация үлэлиир. Ол туһунан экология миниистирин солбуйааччыта Андрей Коноплев эттэ.

Ааспыт сууккаҕа 26 баһаары Аммаҕа, Алдаҥҥа, Үөһээ Халымаҕа, Муомаҕа, Өймөкөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Уус-Майаҕа  тохтоттулар. Авиация уонна куйаар мониторина 10 саҥа уот туруутун булла, элбэх этиҥ түспүт оройуоттарыгар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 149 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр, олортон сэттэтэ бохсулунна.

Өймөкөөҥҥө биир ландшафтнай уот баара биллэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат.

This post was published on 11.07.2023 14:28 14:28