Бырабыыталыстыбаҕа Арктика кытылынан уонна ыарахан суоллаах-иистээх сирдэргэ цифровизацияны киллэрии боппуруоһун көрдүлэр. Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистир Анатолий Семенов 2024 сылга ВОЛС 300 нэһилиэнньэлээх пууну, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 89% хабыахтааҕын эттэ.
Мунньахха «Биһиги икки тыһыынча килэмиэтир волоконнай-оптическай сибээс утаҕын тардыахтаахпыт», — диэтэ Анатолий Семенов.
Сибээс аныгы ситимэ Өлөөҥҥө 2021 сылга баар буолуоҕа. Салгыы Анаабырга айанныа. Маны сэргэ РФ сибээскэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, «Халыма экспреһэ» бырайыак салҕаныаҕа. Оччоҕо Муоманан, Орто уонна Аллараа Халыманан эргийэн Черскэйгэ киириэҕэ.
Спутник сибээһигэр олорор пууннарга интернет тэтимин түргэтэтии уонна тарыып сууматын кыччатыыга үлэ барара этилиннэ.
«Биһиги бу хайысхаҕа үлэни ыытабыт. Эрдэлээн Тиксии олохтоохторун үөрдэбин — дойду сибээһин министиэристибэтэ Хотугу муора суолун кытылынан оптоволокно тутуутун биллэрдэ. Европаны Соҕуруулуу-илиҥҥи Азияны кытта холбуур сыалтан. Онон 2023-2024 сылларга Тиксиигэ оптика кэлэр», — диэтэ миниистир.
«Биир ньыгыл Булун» пилотнай бырайыагы оптика кэлиэн иннинэ кэҥэтэн биэрэр сорук министиэристибэҕэ турар. Булуҥ улууһугар локальнай ситим тэриллиэ. Туруктаах ситиминэн луус иһигэр информацияны босхо ыытыһыахтара. Бу спутникка ороскуоту суох оҥоруо.
«Бүтэһик 6 сылга аҕыс тыһыынча килэмиэтир ВОЛС тардылынна. Өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан биир да кэпиэйкэни онно ыыппатыбыт — барыта федеральнайдааҕы бырагыраамалар уонна чааһынай инвестордар суоттарыгар барда. Билигин түргэн интернеккэ 197 нэһилиэнньэлээх пуун хабыллар. Нэһилиэнньэ 82%-на» — диэтэ Семенов.
This post was published on 27.11.2019 10:01 10:01