2024 сылга «Туризм и индустрия гостеприимства» национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр 30 мөл солк көрүлүннэ. Дойду салалтата инфраструктураны сайыннарыыга уопсастыбаннай көҕүлээһиннэри уонна бырайыактары, тэрээһиннэри өйүүр сыалтан ылар дьаһала, суруйда регион туризмҥа министиэристибэтин пресс-сулууспата.
2023 сылга Росстат дааннайынан, Саха сиригэр 200 тыһыынчаттан тахса киһи күүлэйдии кэлэ сылдьыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ 23 туроператор баар, кинилэр 180-тан тахса туристическай бырайыагы дьоҥҥо оҥороллор.
53 саҥа турбааза арылынна, онон бу күҥҥэ региоҥҥа баар турбааза ахсаана 121 буолла.
This post was published on 17.05.2024 10:03 10:03