13 Тохсунньу 13.01
  • -38°
  • $ 78,79
  • 91,97

Саха сиригэр тохсунньу 13 күнүгэр халлаан туруга

08:01, 13 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 13 күнүгэр Саха сиригэр тымныы, хаар түһэр. Ол туһунан УГМС саайт иһитиннэрэр.

Киин улуустарга, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ илин өттүгэр кыра хаардаах. Соҕуруулуу-илин эмиэ быстах хаардаах. Уус Маайа оройуонугар миэстэлэринэн күүстээх хаар түһэрэ күүтүллэр, ыксаллаах сэрэтии биллэрилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэ киинигэр уонна арҕаа өттүгэр сорох сирдэринэн тымныы туман буолуон сөп.

Илин, соҕуруулуу-илин, аллараа Өлүөнэҕэ уонна Арктика кытылыгар 9-14 м/с диэри тыал күүтүллэр, сорох сирдэринэн – алларанан. Нерюнгри оройуонугар күүһүрэр кэмигэр 15-20 м/с дылы тыал сабаҕаланар.

Халлаан температурата түүн киин улуустарга -40… -45°, арҕаа, аллараа Өлүөнэҕэ -45… -50°, Бүлүү бөлөҕөр уонна хотугулуу-арҕаа -50… -55°, соҕуруулуу-илин -32… -37°, сорох сирдэринэн -22 … -27°. Күнүс кииҥҥэ -33… -38°, арҕаа, аллараа Өлүөнэҕэ -41… -46°, Бүлүү бөлөҕөр оройуоннар, хотугулуу-арҕаа -46… -51°, соҕуруулуу-илин -28… -33°, сорох сирдэринэн -18 … -23°.

Дьокуускайга кыра хаар, түүн туман, хотугулуу-арҕаа 2-7 м/с тыал күүтүллэр. Түүн -41… -43°, күнүс -34… -36°.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова