Саха сиригэр тоҕус ый иһигэр аҕыс тыһыынчаттан тахса оҕо күн сирин көрдө

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу сылга тоҕус ый иһигэр 8330 оҕо төрөөтө. Онуоха саҥа төрөөбүт оҕолорго уол оҕо ахсаана кыыстааҕар элбэх. Бу туһунан СИА-ҕа СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

«Тоҕус ый устата барыта 4235 уол, уонна 4095 кыыс оҕо күн сирин көрдө», — диэн биэдэмистибэҕэ чопчулаатылар.

Санатан эттэххэ, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 11 667 оҕо төрөөбүтэ.

This post was published on 20.10.2023 16:13 16:13